25 Үөрэнээччилэрэ кэлэн Кинини уһугуннаран: «Тойоммуот! Быыһаа, өлөн эрэбит!» – дэспиттэрэ.
Хуор салайааччытыгар. Давид псалома. Айыы Тойоҥҥо мин эрэнэбин; хайдах эһиги миэхэ этэҕитий: «Чыычаах буолан, хайаҕар көтөн хаал, – диэн, –
Ол сыттаҕына киниэхэ муораһыттар тойонноро тиийэн кэлэн: «Бу эн туох буолан утуйа сытар киһигиний? – диэн көбүөлээбитэ. – Тур, Таҥараҕыттан көрдөс! Баҕар, Кини биһигини санаан, биһиги тыыннаах ордуохпут!»
Онно биир араҥ буолбут киһи тиийэн кэлэн, Киниэхэ сүгүрүйбүтэ: «Тойонуом! Баҕарыаҥ эрэ кэрэх, Эн миигин ырааһырдыаҥ этэ!»
Эмискэ муораҕа күүстээх силлиэ түһэн, модун долгуннар тыыны сабыта биэртэлээбиттэрэ; Кини утуйа сыппыта.
Маны этэ турдаҕына, биир аҕа баһылык кэлэн, Иисус иннигэр сөһүргэстээбитэ: «Кыыһым сибилигин аҕай быһынна. Тиийэн киниэхэ илиигин уурдаргын, оҕом тиллиэ этэ!»
Кэлэн, Кинини уһугуннаран: «Үөрэтээччи! Үөрэтээччи! Өлөн эрэбит!» – диэбиттэрэ. Кини туран тыалы, сабыта охсор долгуну буойбута: сонно тута тыал да, долгун да уостан, уоскуйан хаалбыттара. Уу чуумпу буолбута.