21 Үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ: «Тойонуом! Маҥнай дьиэбэр баран аҕам уҥуоҕун көтөҕөн кэлэрбин көҥүллээ эрэ», – диэн көрдөспүтэ.
Мин аатым туһугар дьиэлэрин-уоттарын, убайдарын-бырааттарын, аҕастарын-балыстарын, аҕаларын-ийэлэрин, ойохторун, оҕолорун, сирдэрин-дойдуларын хаалларбыт дьон сүүс төгүл элбэҕи ылыахтара, бараммат олоххо тиксиэхтэрэ.
Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
Иисус эппитэ: «Миигин батыс. Өлбүттэрин өлбүттэр бэйэлэрэ харайдыннар».
Ол иһин аны биһиги кими даҕаны киһи сыанабылынан сыаналаабаппыт; урут Христоһу оннук сыаналаабыт да буоллахпытына, билигин аны уурайдахпыт.