13 Онтон сотникка эппитэ: «Чэ, дьиэҕэр бар, итэҕэйэргинэн буоллун». Сотник чаҕара сонно үтүөрэн хаалбыта.
«Оо, эн улуу итэҕэллээх дьахтар эбиккин! – диэбитэ маны истэн Иисус. – Чэ, эн баҕарбытыҥ хоту буоллун». Дьахтар кыыһа сонно үтүөрбүтэ.
«Итэҕэлгит кэмчи, ол иһин, – диэбитэ Иисус. – Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, өскөтүн эһиги хартыыһа да сиэмэтин саҕа итэҕэллээх туран, бу хайаҕа: „Мантан көһөн онно бар“, – диэтэргит, хайа сонно оннуттан көһүө этэ; оччоҕо эһиэхэ кыаллыбат диэн туох да суох буолуо этэ;
Иисус эппитэ: «Көр, кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ. Бараҥҥын аҕабыыкка көрдөрүн, итиэннэ ырааһырбыккын барыларыгар туоһулаан, Моисей эппит бэлэҕин киниэхэ биэр».
Иисус эргиллэн, көрөн баран эппитэ: «Кыыһым, эрдий! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата». Бу кэмтэн дьахтар үтүөрэн хаалбыта.
Иисус эппитэ: «Чэ, бу тылыҥ иһин дьиэҕэр төнүн. Абааһы кыыскыттан таҕыста».
Иисус киниэхэ эппитэ: «Итэҕэйэр кыахтаах буоллаххына, итэҕэйээччигэ туох барыта кыаллар».
«Дьиэҕэр төнүн, уолуҥ өлүө суоҕа», – диэбитэ Иисус. Киһи Иисус эппитин итэҕэйэн, дьиэтигэр барбыта.