4 Итиэннэ бэйэҥ хараххар бэрэбинэлээх эрээри, хайдах бырааккар: „Кэл, хараххыттан сыыһы ылыым“, – диэххиний?
Тоҕо эн быраатыҥ хараҕар мас сыыһын да булан көрөҕүн, оттон бэйэҥ хараххар бэрэбинэ баарын билиммэккин?
Сирэй көрбөх! Бастаан бэйэҥ хараххыттан бэрэбинэни таһаар, оччоҕо хайдах гынан быраатыҥ хараҕыттан сыыһы ылары эмиэ билиэҥ.
Эбэтэр хайдах, бэйэҥ хараххар бэрэбинэни да көрбөт эрээригин „Быраатым, кэл эрэ, хараххыттан сыыһы ылыым“ диэххиний? Сирэй көрбөх! Бастаан бэйэҥ хараххыттан бэрэбинэни таһаар, оччоҕо хайдах гынан быраатыҥ хараҕыттан сыыһы ылары билиэҥ.
Доҕолоҥ ыраах кыайан хаампатын курдук, акаары эмиэ ох тылы кыайан таба туттубат.
Хараҕа суох сирдьиттэр, эһиги бырдаҕын сиидэлээн бараҥҥыт, тэбиэнин мэҥиэстэҕит!