26 Оттон Мин бу этэр тылбын истэр эрээри, толорбот киһи – ол дьиэтин кумах үрдүгэр туттубут толкуйа суох киһи курдук буолуо.
Муударай дьахтар дьиэ-уот тэринэр, оттон акаары – дьиэтин бэйэтинэн үрэйэр.
Онон, Мин бу этэр тылбын истэн баран толорор киһини дьиэтин таас акылааттаан туттубут өйдөөх киһи диэҕим.
Ардах курулаччы кутан, өрүстэр хааларыттан тахсан, күүстээх тыал тоҕута үрэн, бу дьиэҕэ саба түһүөхтэрэ, ол гынан баран тааска бигэтик турар дьиэни суулларыахтара суоҕа.
Ардах курулаччы кутан, өрүстэр хааларыттан тахсан, күүстээх тыал тоҕута үрэн бу дьиэҕэ саба түһүөхтэрэ да, дьиэ сууллан, урусхал буолуо».
Оттон ким Мин тылбын истэр эрээри, толорбот – ол дьиэтин кумахха акылаата суох туппут киһиэхэ холоонноох: уу тоҕо анньан кэлиэ да, ол дьиэ сонно сиҥнэн түһүө».
Оттон эн, оттомо суох киһи, дьайыыта суох итэҕэл өлбүт итэҕэл буоларын билиэххин баҕараҕын дуо?