30 өскөтүн бүгүн баар, сарсын оһоххо быраҕыллар хонуу отун Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини быдан ордук симиэ суоҕа дуо?
Сонно Иисус, илиитин уунан, кинини тутан ылбыта: «Кэмчи итэҕэллээх, тоҕо саарбахтаатыҥ?»
Иисус ону билэн эппитэ: «Кэмчи итэҕэллээхтэр, тоҕо килиэп ылбатахпыт дэһэҕитий?
«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэн хоруйдаабыта Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигинниин сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини манна Миэхэ аҕалыҥ».
«Тоҕо маннык куттаҕаскытый, кэмчи итэҕэллээхтэр?» – диэбитэ Иисус. Кини туран тыалы, долгуну буойарын кытта, сонно чуумпуран хаалбыта.
Онуоха Иисус эппитэ: «Эһиги тоҕо маннык куттаҕаскытый? Итэҕэлгит хайдах суоҕуй?»
«Оо, итэҕэлэ суох көлүөнэ! – диэбитэ Иисус кинилэргэ. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын? Хаһааҥҥа диэри эһигини тулуйабын? Кинини Миэхэ аҕалыҥ».
Хонууга үүнэн турар бүгүн баар, оттон сарсын оһоххо быраҕыллар оту Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини өссө ордук симиэ суоҕа дуо?
«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэбитэ Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын, эһигини тулуйабын? Уолгун манна аҕал».
Онтон Фомаҕа туһаайан эппитэ: «Сөмүйэҕин аҕал, уонна бу икки илиибин көр, илиигин ойоҕоспор ук. Уонна аны итэҕэйбэт буолума, итэҕэйэр буол».
Онон, бырааттарым, эһигиттэн ким да итэҕэйбэт өһөгөйдөөх сүрэхтэнэн, тыыннаах Таҥараттан тэйбэтин туһугар, өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ.
Суруйууларга этиллэр: «Киһи аймах – от кэриэтэ, киһи албан аата – сибэкки кэриэтэ: от хагдарыйа хатан, сибэккитэ иинэн түһэр,