21 Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.
Ханнык да күндү кылааттааҕар сүрэххин харыстаа, олоҕуҥ дьүүктэтэ сүрэххиттэн сүүрдэр эбээт.
Эриэн үөн ыамалара! Эһиги куһаҕан санаалаах эрээри, хайаан үтүөнү саҥарыаххытый? Сүрэҕиҥ тугунан туолбута уоскунан тахсар эбээт.
Киһи этин-сиинин хараҕа сырдатар – харах; өскөтүн хараҕыҥ ыраас буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ сырдык буолуоҥ,
Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.
Биһиги сулууспабытыгар эн ханнык да кыттыгаһыҥ, кыттар быраабыҥ да суох: маныаха сөбө суох сүрэхтээххин Таҥара көрөн турар.
Онон биһиги харахпытын көстөр эйгэҕэ буолбакка, көстүбэт эйгэҕэ хатыыбыт. Бу көстөр эйгэ муҥур үйэлээх, оттон көстүбэт эйгэ үйэтэ муҥура суох.
Бу бэйэм илиибинэн суруйабын: мин, Павел, төлүөҕүм. Эн миэхэ итэҕэл иэстээххин этэ да барбаппын.
Эһиэхэ Аҕа Таҥарабытыттан уонна Айыы Тойон Иисус Христостан бары илгэлээх үтүөнү кытта эйэ-ил тосхойо туруохтун!
Онон, бырааттарым, эһигиттэн ким да итэҕэйбэт өһөгөйдөөх сүрэхтэнэн, тыыннаах Таҥараттан тэйбэтин туһугар, өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ.