20 ол оннугар халлааҥҥа баайда мунньунуҥ, онно үөн-көйүүр да кэрбээбэт, дьэбин да быһа сиэбэт, уоруйахтар да хаһан киирэн уоран ылбаттар.
Туох баайдааххытын атыылаан тиийиммэттэргэ түҥэтиҥ; хаалбат хааһаҕы, бараммат баайы уоруйах тиийбэт, үөн-көйүүр сиэбэт сиригэр – Халлааҥҥа – бэлэмнээҥ.
Иисус эппитэ: «Эҥкилэ суох буолуоххун баҕарар буоллаххына, бараҥҥын баайгын барытын атыылаан дьадаҥыларга үллэр. Оччоҕо Халлааҥҥа баайдаах буолуоҥ. Онтон кэлэн Миигин батыс».
Истиҥ эрэ, таптыыр бырааттарым, Таҥара дьадаҥы дьону – итэҕэлинэн байытаары, Кинини таптыыр дьоҥҥо эрэннэрбит Саарыстыбатыгар киллэрээри – талан ылбыта этэ буолбатах дуо?
бараммат олоххо тиксэр туһугар, бэйэлэригэр итинник кылааты мунньунан, инники кэскиллэрин бигэ-таҕа төрүтүн олохтоотуннар.
Маны истэн, Иисус эппитэ: «Эйиэхэ өссө биириҥ итэҕэс: туох бааргын барытын атыылаан дьадаҥыларга түҥэт, оччоҕо Халлааҥҥа баайдаах буолуоҥ; уонна кэлэн Миигин батыс».
Эн бары дьайыыгын, эрэйи-муҥу көрөргүн, дьадаҥыгын (дьиҥэр эн баайгын), иудейдарбыт дэнээччилэр эйигин холуннаралларын билэбин; кинилэр иудейдар буолбатахтар, сатана муспут дьонноро буолаллар.
Египет күндү кылаатынааҕар Христос туһугар эрэйдэнэри кини ордук сыаналаах баайга холообута, ол курдук кэнэҕэс бэриллэр дьиҥ төлөбүрү өйүттэн араарбат этэ.
Бу үйэҕэ байбыт-тайбыт дьону үрдүктүк сананымаҥ, эрэбилэ суох баайгытынан тумус туттумаҥ, үөрэ-көтө олорорбут туһугар, биһиэхэ барыны барытын өлгөмнүк биэрэр тыыннаах Таҥараҕа эрэниҥ диэн өйдөтө сырыт.
эһиэхэ, Таҥара тиһэх кэмҥэ арыллыахтаах быыһабылга анаан сүдү күүһүнэн араҥаччылыыр дьонугар, бэриллэрдии халлааҥҥа ууруллубут, сүппэт-симэлийбэт, ыраас кэхтибэт нэһилиэстибэҕэ тиксэрбитин кэтэһэбит.
Дьэ оччоҕо Үрдүкү Маныыһыт тиийэн кэллэҕинэ, эһиги албан аат кэхтибэт мэнньиэһин кэтиэххит.
мин хаайыыга сыттахпына, эһиги миэхэ кэлэн кыһалҕабын үллэстибиккит, баайгытын-дуолгутун тутан ылбыттарыгар, Халлааҥҥа итиннээҕэр быдан ордук бараммат баайдаахпыт диэн билэр буолаҥҥыт, сүтүккүтүн үөрэ-көтө аһарбыккыт.
Сиргэ баайы-дуолу мунньунумаҥ: сиргэ баары үөн-көйүүр кэрбиир, дьэбин быһа сиир, уоруйахтар дьөлө хаһан киирэн уоран ылаллар;
Иисус кинини таптыы көрбүтэ. «Биир эйиэхэ тиийбэт, – диэбитэ Кини. – Баран туох баардааххын барытын атыылаан дьадаҥыларга түҥэт, оччоҕо Халлааҥҥа баайдаах буолуоҥ; итиэннэ кэлэн кириэскин ылан Миигин батыс».