Матфей 6:13 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ13 уонна, аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа. Эн Саарыстыбаҥ, Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ уонна албан аатыҥ үйэттэн үйэлэр тухары муҥура суох эбээт. Аминь“. အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
Оччотугар, биллэн турар, Айыы Тойон бэриниилээх дьону аньыы угаайытыттан хайдах быыһыыры, оттон суута-сокуона суохтары, ордук эт-сиин түктэри кыдьыгар ылларбыттары, Айыы Тойон былааһын билиммэт, баламат, таптаабыттарынан аам-дьамаан сылдьар, үөһээҥҥилэри үөҕэртэн саллыбат дьону, Дьүүл Күнэ үүнэн буруйданыахтарыгар диэри, хайдах тутары-хабары билэр.