40 ким эмэ, ырбаахыгын былдьаары сууттаһыан баҕардаҕына, – киниэхэ соҥҥун устан биэр;
Оттон Мин эһиэхэ этэбин: өһүөннээх киһиэхэ утарсыма. Ким эмэ эйигин уҥа иэдэскэ оҕустаҕына – киниэхэ атын иэдэскин тоһуйан биэр;
ким эмэ эйигин биир көһү барсарга күһэйдэҕинэ, икки көһү барыс.
Эйигин иэдэскэ охсубукка атын иэдэскин эмиэ тоһуйан биэр, соҥҥун былдьаан ылааччы ырбаахыгын эмиэ ыларын мэһэйдэһимэ.
Бэйэ-бэйэҕитин үҥсэ-харса сылдьаргыт даҕаны эһиги ааккытын улаханнык түһэрэр. Ити оннугар атаҕастанары тоҕо тулуйбатыгыт? Ити оннугар сүтүктэнэри тоҕо ордорботугут?
Ким эмэ кыыһа сааһын ситэн баран, эргэ барбакка олорорун сиэрэ суох суол диир буоллаҕына, бэйэтэ ону хайдах саныырынан быһаардын, ол аньыы буолуо суоҕа; оннук кыыс эргэ бардын.