36 бэйэҥ да төбөҕүнэн андаҕайыма, тоҕо диэтэххэ, эн оннооҕор биир да баттаххын баҕарбыккынан маҥхатар да, хараардар да кыаҕыҥ суох.
сиринэн даҕаны: сир – Кини атаҕын уурар үктэлэ; Иерусалимынан даҕаны: Иерусалим – Улуу Ыраахтааҕы куората;
Эһиги сөп дииргит сөбү, суох дииргит суоҕу эрэ этэр буоллун; онтон атын тыл хара дьайдаахтан кэлэр.
Эһигиттэн ким эмэ, хайдахтаах да кыһаллан-мүһэллэн туран, уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо?
Уонна дьэ эһигиттэн хайаҕыт эмэ, хайдахтаах да кыһаллан-мүһэллэн туран, уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо?