35 сиринэн даҕаны: сир – Кини атаҕын уурар үктэлэ; Иерусалимынан даҕаны: Иерусалим – Улуу Ыраахтааҕы куората;
Истиҥ маны, бары норуоттар; болҕойуҥ, сир олохтоохторо бука бары, –
Айыы Тойон Таҥара, Быыһааччым миэнэ, Эйигин ыҥырабын мин түүннэри-күннэри.
Айыы Тойон үтүө санаалаах: Кини бигэ таптала өлбөт үйэлээх, Кини көлүөнэттэн көлүөнэҕэ эрэбиллээх.
бэйэҥ да төбөҕүнэн андаҕайыма, тоҕо диэтэххэ, эн оннооҕор биир да баттаххын баҕарбыккынан маҥхатар да, хараардар да кыаҕыҥ суох.
сир – атахпын ууран олорор үктэлим. Ханнык бэйэлээх дьиэни эһиги Миэхэ тутуоххутуй, эбэтэр Мин сынньанар сирбин? – диир Айыы Тойон. –
Тыын миэхэ сайбытыгар Аанньал миигин сүдү үрдүк хайаҕа таһааран халлаантан, Таҥараттан түһэн иһэр улуу куораты, сибэтиэй Иерусалимы, көрдөрбүтэ.
Мин, Иоанн, Сибэтиэй Куораты – сүктэр кыыс аналлааҕар симэммитин курдук бары силигэ ситэн мэҥэ халлаантан, Таҥараттан түһэн иһэр саҥа Иерусалимы – көрбүтүм.