Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 4:7 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

7 Иисус киниэхэ эппитэ: «Суруйууларга „Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн эмиэ баар».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 4:7
21 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

халыҥ хараҥаттан, өлүү күлүгүттэн таһаарара, хандалыларын хайыта сынньара.


Сүгүрүйүҥ Айыы Тойоҥҥо Кини сибэтиэй сыдьаайыгар; титирэстээ, сир үрдэ бүттүүнэ, Кини иннигэр!


«Ити тугу дииллэрин Эн истэҕин дуо?» «Истэбин, – диэбитэ Иисус. – „Кыракый оҕолор, эмиийдээх оҕолор уостарынан Эн айхал тылларын этиттиҥ“ диэн суруллубутун эһиги, ама, аахпатаххыт дуо?»


Иисус эппитэ: «„Тутааччылар бырахпыт таастара муннук тутаах тааһа буолла. Бу – Айыы Тойон оҥоһуута, биһиги маны көрө сөҕөбүт“ диэн Суруйууларга этиллибитин эһиги аахпатаххыт дуо?


Иисус эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Суруллан турар: „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй итиэннэ Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн».


Иисус киниэхэ эппитэ: «„Киһи, аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа“ диэн суруллубута».


Иисус хоруйдаабыта: «„Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн этиллибитэ».


Оччотугар эһиги тоҕо өбүгэлэрбит да, бэйэбит да кыайан көтөхпөтөх бурҕалдьыбытын үөрэнээччилэргэ кэтэрдэн, Таҥараны үтэн-анньан көрөҕүт?


«Бу туох буолан эһиги Айыы Тойон Тыынын холоон көрөөрү кигистигит? – диэбитэ Петр. – Көр, бу эргин харайан киирдилэр, эйигин эмиэ таһаарыахтара».


Кинилэр сорохторо Христоһу үтэн-анньан көрбүттэринии, биһиги Кинини оннук үтэн-анньан көрөр буолумуоҕуҥ; кинилэр инньэ гына сылдьан эриэн үөннэргэ тиктэрэн өлбүттэрэ.


Онно эһиги өбүгэлэргит Мин дьайыыбын түөрт уон сылы быһа көрө сылдьан, Миигин тургутан, үтэн-анньан көрөллөрө.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ