3 Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.
«Дьиҥ чахчы Эн Таҥара Уолаҕын!» – оҥочоҕо олорооччулар бука бары Киниэхэ сүгүрүйбүттэрэ.
«Эн – Христоскун, Тыыннаах Таҥара Уолаҕын», – диэбитэ Симон Петр.
Иисус саҥарбатаҕа. Онуоха архиерей эппитэ: «Тыыннаах Таҥара аатынан Эйигин модьуйабын: биһиэхэ эт – Таҥара Уола Христос Эн дуо?»
Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ. 3
Таҥара Уола Иисус Христос туһунан Евангелие саҕаланыыта.
Быртах тыыннар, Кинини көрдөхтөрүнэ, иннигэр охтон түһэллэрэ уонна: «Эн Таҥара Уолунаҕын!» – диэн хаһыытаһаллара.
күөмэйин муҥунан: «Эн миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? – диэн үөгүлээбитэ. – Таҥара туһугар Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!»
«Эйиэхэ халлаантан Сибэтиэй Тыын түһүөҕэ, Үрдүк Таҥара күүһэ сайыаҕа, – диэбитэ Аанньал, – онон Эн төрөтөр Сибэтиэй Оҕоҥ Таҥара Уола диэн ааттаныаҕа.
Маныаха бука бары: «Ол аата Эн Таҥара Уолунаҕын дуо?» – дии түспүттэрэ. «Ону бэйэҕит эттигит», – диэбитэ Кини.
Адьарай Киниэхэ эппитэ: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу тааһы килиэпкэ кубулуй диэн бирикээстээ».
Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.
Онтон адьарай Кинини Иерусалимҥа илдьэн, Таҥара Дьиэтин чыпчаалыгар туруоран баран эппитэ: «Өскөтүн Эн Таҥара Уола буоллаххына, ыстанан кэбис.
Мин ону көрбүт буолан, Таҥара Уола бу Кини диэн туоһулуубун!»
«Равви! – Нафанаил саҥа аллайа түһэр. – Эн Таҥара Уолунаҕын, Израиль Ыраахтааҕытынаҕын!»
Оттон бу суруллубут барыта – Иисус Мессия, Таҥара Уола буоларын итэҕэйэргит итиэннэ итэҕэйэҥҥит Кини аатынан Олоххо тиксэргит туһугар, сурулунна.
Иисус кинини үүрбүттэрин истэн баран, булан ылан: «Эн Таҥара Уолун итэҕэйэҕин дуо?» – диэбитэ.
Савл үөрэнээччилэри кытта Дамаска хас да күн буолбута; уталыппакка, синагогалары кэрийэ сылдьан, Иисус туһунан, Кини Таҥара Уола буолар диэн иһитиннэрэн барбыта.
Биһиги – мин уонна Силуаннаах Тимофей – эһиэхэ биллэрбит Иисус Христоспут, Таҥара Уола, «сөп» дии туран, «суох» диэбэт этэ; Кини куруутун биир «сөп» диэн тыллааҕа.
онон аны мин суохпун, арай мин сүрэхпэр Христос баар; оттон бу сирдээҕи олохпун миигин таптаабыт, мин туспар толук буолбут Таҥара Уолугар итэҕэлбинэн олоробун.
Онон мин эмиэ, салгыы тулуйа барбакка, угаайылаах эһигини сыыһа үктэппэтэр, үлэбит туһата суох хаалбатар диэн, итэҕэлгит туругун билээри Тимофейы ыыппытым.
эһиги ортоҕутугар Исав курдук биир аһылык иһин бастакы оҕо буолар быраабын атыылаабыт содур быһыылаах эбэтэр Таҥараны билиммэт дьон баар буолбатын туһугар, бэйэҕитин көрүнүҥ.
Онон, Таҥара Уола Иисус Христос курдук халлааннары курдаттаабыт улуукан бэйэлээх Архиерейдаахпыт быһыытынан, бу итэҕэлбитин кытаанахтык тутуһуоҕуҥ.
Аҕата-ийэтэ кимэ, төрдө-ууһа, олоҕо хаһан саҕаламмыта да, түмүктэммитэ да биллибэт Мелхиседек, Таҥара Уолугар дьүөрэлэнэн, үйэлэр тухары аҕабыыт буолбута.
Аньыыны оҥорор киһи – адьарай киһитэ, тоҕо диэтэххэ, аньыыны хара маҥнайгыттан адьарай оҥорбута; ол иһин Таҥара Уола кини оҥорбутун үрэйэ кэлбитэ.
Тулуйуохтаах эрэйгиттэн куттаныма. Адьарай эһигини холоон көрөөрү, сороххутун хаайыыга бырахтарыаҕа. Уон күн устата эһиги эрэйи-муҥу көрүөххүт. Өлүөххэр диэри, Миэхэ бэриниилээх буол, оччоҕо Мин эйиэхэ кыайыыҥ иһин Олох мэнньиэһин биэриэҕим.