10 Сүгэ хайыы-үйэ мас төрдүгэр сытар: ханнык баҕарар маһы, үчүгэй отону биэрбэт буоллаҕына, кэрдэннэр уокка уматаллар.
Кини сүүрүктээх уу аттыгар олордуллубут, кэмэ кэллэ да, аһын биэрэр, кэхтэри билбэт сэбирдэхтээх үөл маска холоонноох; бары дьайыытыгар кини ситиһиилээх.
Нэгэйдэр бэйэлэрин илимнэригэр иҥниэхтэрэ, оттон мин этэҥҥэ ааһыам.
Суол кытыытыгар биир смоковница үүнэн турарын көрөн, тиийэн отон көрдөөн баран, сэбирдэҕиттэн атыны тугу да булбакка: «Аны үйэҥ тухары астаныма!» – диэбитэ. Сонно смоковница куура хатан хаалбыта.
Үчүгэй отону биэрбэт маһы кэрдэн ылан уокка уматаллар.
Киил маһы маннык кэбилиир буоллахтарына, хаппыт мас хайдах буолуой?»
Сүгэ хайыы-үйэ мас төрдүгэр сытар: ханнык баҕарар маһы, үтүө аһы биэрбэт буоллаҕына, кэрдэн уокка быраҕаллар».
Мин ас биэрбэт хас биирдии лабаабын Кини быһан ылан быраҕар, оттон ас биэрэр хас биирдии лабаабын, өссө элбэх аһы биэрдин диэн, ыраастыыр.
Ким Миэхэ буолбатах – лабаа курдук, киэр быраҕыллан куура хатыаҕа; оннук лабааны хомуйан ылан, уокка быраҕаллар.
Онон сэрэхтээх буолуҥ: Кини саҥарар кэмигэр киэр хайыһымаҥ. Кинилэр сиргэ саҥарааччыны истибэккэ, буруйдаммыттара, онон биһиги Халлаантан Саҥарааччыттан киэр хайыстахпытына, буруйдааһынтан, биллэн турар, куоппаппыт.
оттон хатыылаах ыарҕа, эрбэһин эрэ үүнэр сирэ туох да туһата суох буолан, кырыыска эрэ турар кутталлаах; оннук сир бүтэр уһугар уокка умайар.