54 Сир хамсааһынын онно туох буолбутун барытын көрөн турбут сотник итиэннэ кинини кытта бииргэ Иисуһу манаабыт харабыллар: «Кини чахчы Таҥара Уола эбит!» – диэн улаханнык куттаммыттара.
Иисус саҥарбатаҕа. Онуоха архиерей эппитэ: «Тыыннаах Таҥара аатынан Эйигин модьуйабын: биһиэхэ эт – Таҥара Уола Христос Эн дуо?»
уонна аттыгар манаан олорбуттара.
«Ээй, Таҥара Дьиэтин урусхаллаан баран үс күнүнэн тутааччы! Таҥара Уола буоллаххына, Бэйэҕин быыһан, кириэскиттэн түс!» – диэн үөҕэн ааһаллара.
Эрэнэрэ бэрдэ дии, Таҥара Кинини сөбүлүүр буоллаҕына, билигин эрэйтэн быыһаатын ээ. Таҥара Уолабын дэнэр этэ буолбаат!»
Дьэ онуоха Таҥара Дьиэтин иһинээҕи быыһа үөһэттэн алларааҥҥа диэри икки аҥыы хайа барбыта; сир хамсаан дьигиһийбитэ, очуос таастар хабырыттыбыттара,
Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.
Иисус Капернаумҥа киирбитигэр Киниэхэ Рим сотнига тиийэн кэлбитэ:
Иисус иннигэр турбут сотник, Кини итинник хаһыытаан баран өлбүтүн көрөн: «Бу Киһи чахчы Таҥара Уола эбит!» – диэн саҥа аллайбыта.
Маныаха бука бары: «Ол аата Эн Таҥара Уолунаҕын дуо?» – дии түспүттэрэ. «Ону бэйэҕит эттигит», – диэбитэ Кини.
Иудейдар Пилакка хардарбыттара: «Биһиэхэ Сокуон диэн баар! Биһиги Сокуоммут быһыытынан бу Таҥара Уолунабын дэнэр Киһи өлүөхтээх».
Кесарияҕа биир Корнилий диэн киһи баара. Кини Италия когортатын сотнига этэ.
Маныаха дьон сүрэхтэригэр ыттаран, Петртан уонна атын Апостоллартан: «Бырааттарбыт, оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.
Кини буойуннарын уонна сотниктарын ылан аймалҕан тахсыбыт сиригэр сүүрбүтэ. Сэрии тойонун, буойуннары көрөн, дьон Павелы кырбыылларын тохтоппуттара.
Павел биир сотнигы ыҥыран: «Бу уолу сэрии тойонугар илт. Кини туох эрэ этэрдээх», – диэбитэ.
Онтон икки сотнигын ыҥыран, дьаһал биэрбитэ: «Икки сүүс сатыы буойуну, сэттэ уон аттаах киһини итиэннэ икки сүүс үҥүүлээх дьону бэлэм гыныҥ. Кинилэр бу түүн үс чааска Кесарияҕа барыахтара.
Италияҕа барарбыт быһаарыллыбытыгар Павелы уонна атын хаайыылаахтары Август сэриитин сотнигар Юлийга туттарбыттара.
Ол гынан баран сотник Павелы быыһыан баҕарар буолан, буойуннары тохтоппута уонна сатаан харбааччылар бастакынан ууга ыстанан сири булалларыгар,
Сонно тута улуу сир хамсааһына буолан, куорат уон гыммыт биирэ урусхалламмыта; бу сир хамсааһыныгар сэттэ тыһыынча киһи өлбүтэ, онтон ордубута кутталыттан Халлааҥҥа баар Таҥараҕа уруй-айхал эппитэ.