46 Тоҕус чаас саҕана Иисус улаханнык хаһыытаабыта: «Или, Или! Лама савахфани?» (Ол аата, тылбаастаатахха: «Таҥарам! Таҥарам! Тоҕо Эн Миигин хааллардыҥ?» – диэн.)
Давид псалома. Айыы Тойон – мин Маныыһытым; тугунан да мин тутайыам суоҕа:
Бары ыраахтааҕылар киниэхэ сүгүрүйүөхтэрэ, бары норуоттар киниэхэ үлэлиэхтэрэ.
Аттыгар турбут дьонтон сороҕо ону истэн: «Илияны ыҥырар», – дэспиттэрэ.
Тоҕус саҕана Иисус улаханнык саҥаран: «Элои! Элои! Ламма савахфани?» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха – «Таҥарам, Таҥарам! Эн Миигин тоҕо хааллардыҥ?»)
Иисус улаханнык: «Аҕаа! Тыыммын Эйиэхэ туттарабын», – диэт, тыына быстыбыта.
Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта.