40 «Ээй, Таҥара Дьиэтин урусхаллаан баран үс күнүнэн тутааччы! Таҥара Уола буоллаххына, Бэйэҕин быыһан, кириэскиттэн түс!» – диэн үөҕэн ааһаллара.
Хара санаалаах, содур көлүөнэ дьикти бэлиэни эрэйэр, ол гынан баран киниэхэ Иона бэлиэтиттэн атын бэлиэ бэриллиэ суоҕа». Уонна кинилэртэн баран хаалбыта.
«Бу Киһи Таҥара Дьиэтин урусхаллаан баран, үс күн иһигэр саҥаттан тутар кыахтаахпын диир этэ», – диэбиттэрэ.
Архиерейдар сокуонньуттардыын уонна аҕа баһылыктардыын эмиэ күлүү гыммыттара:
«Атыттары быыһыыра, оттон Бэйэтин быыһанар кыаҕа суох! Израиль Ыраахтааҕыта эбит буоллаҕына, сибилигин кириэстэн түстүн, оччоҕо биһиги Кинини итэҕэйиэхпит.
Сир хамсааһынын онно туох буолбутун барытын көрөн турбут сотник итиэннэ кинини кытта бииргэ Иисуһу манаабыт харабыллар: «Кини чахчы Таҥара Уола эбит!» – диэн улаханнык куттаммыттара.
Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.
«Эн, Таҥара Уола буоллаххына, аллараа диэки ыстанан кэбис. Суруллубутун курдук, „Аанньалларыгар Эйигин араҥаччылыырга соруйуоҕа, оччоҕо таастан бүдүрүйбэтиҥ туһугар, кинилэр Эйигин көтөҕөн илдьиэхтэрэ“», – диэбитэ.
Авраам эппит: „Моисейы уонна пророктары истибэт буоллахтарына, өлбүт киһи да тиллэн кэлэн, кинилэри итэҕэтиэ суоҕа“».
Бу икки пророк сир олохтоохторун эрэйдээбит буолан, сир дьоно кинилэр өллөхтөрүнэ, үөрүү-көтүү бөҕө буолуохтара, бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх ыытыһыахтара.