3 Таҥнарыахсыт Иуда Иисуһу өлөрөргө уурбуттарын билэн баран, кэмсинэн отут үрүҥ көмүс манньыатын архиерейдарга уонна аҕа баһылыктарга төттөрү илдьэн биэрбитэ.
Киэһээҥҥи аһылык кэмигэр, Симон уолун Иуда Искариокка Кинини таҥнарар санааны адьарай хайыы-үйэ иҥэрбитин кэннэ,
Бу тооромоһу ылаатын кытта, Иудаҕа сатана киирбитэ. Иисус киниэхэ эппитэ: «Оҥороргун оҥоро оҕус».
Онон Иуда Рим буойуннарын этэрээтин, архиерейдар, фарисейдар ыыппыт харабылларын илдьэ, банаарданан, уоттанан, сэптэнэн-сэбиргэллэнэн онно тиийэн кэлбиттэрэ.
гынан баран, хара дьайыыны оҥорон манньа ылбыт харчытыгар сир атыыласпыта; онтон ол сиригэр төбөтүнэн үөһэттэн түһэн, өрөһөтө хайдан иһэ-үөһэ барыта ыһыллыбыта;
Таҥара туһугар санааҕа ылларыы мэлдьи аньыыны билиниини үөскэтэн, быыһабылга сирдиир, оттон бу дойду санаарҕабыла өлөр өлүүнү үөскэтэр.