74 Онуоха Петр: «Мин ити Киһини билбэппин!» – диэн сиринэн-халлаанынан андаҕайбыта. Сонно тута бөтүүк хаһыытаабыта.
Киһи этин-сиинин өлөрөр эрээри, дууһатын өлөрөр кыаҕа суохтартан куттанымаҥ; ол оннугар киһини бүтүннүү – эттэри-сииннэри, дууһалары – гееннаҕа өлөрөр Кыахтаахтан куттанар буолуҥ.
Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: Бу түүн бөтүүк хаһыытыы илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҕыҥ».
Чочумча буолаат онно турбут дьон киниэхэ тиийэн кэлбиттэрэ: «Эн чахчы кинилэртэн биирдэстэринэҕин. Саҥаҕыттан да биллэр».
Петр эмискэ Иисус: «Бөтүүк хаһыытыы да илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ», – диэбитин өйдөөн кэлбитэ. Уонна тиэргэнтэн тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Норуот киниэхэ: «Буруйа биһиэхэ итиэннэ биһиги оҕолорбутугар түстүн!» – диэн хардарбыта.
«Кырдьыгы эйиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – бу түүн, бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».
«Билбэппин, ити тугу этэргин өйдөөбөппүн», – диэн мэлдьэһэн баран, Петр тас тиэргэҥҥэ тахсан барбыта; сонно бөтүүк хаһыытаабыта.
Ол эрээри Петр: «Эн ити тугу этэргин билбэппин», – диэн эмиэ мэлдьэһэн кэбиспитэ. Бу этэ турдаҕына, бөтүүк хаһыытаабыта.
Петр эмиэ мэлдьэспитэ, сонно тута бөтүүк хаһыытаабыта.
хаан-уруу бырааттарым тустарыгар кырыыска туран, бэйэм Христостан араарылларбын ордоруом этэ!
Ким Айыы Тойон Иисус Христоһу таптаабат – ол анафема. Маран-афа!
Таптыыр дьоммун, итэҕэстэрин көрдөрөн туран, дьарыйабын, онон дьаныардаах буол, аньыыгын билин.