56 Ол эрээри бу барыта, пророктар суруйбуттара туоларын туһугар, буолла». Онуоха үөрэнээччилэрэ бука бары Кинини хаалларан, куотан хаалбыттара.
Иисус эппитэ: «„Тутааччылар бырахпыт таастара муннук тутаах тааһа буолла. Бу – Айыы Тойон оҥоһуута, биһиги маны көрө сөҕөбүт“ диэн Суруйууларга этиллибитин эһиги аахпатаххыт дуо?
Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук, баран иһэр, ол эрээри сор-муҥ күүтэр Киһи Уолун таҥнарааччыны! Ол киһи олох да төрөөбөтөҕө буоллар ордук буолуо этэ».
Онтон Иисус кинилэргэ эппитэ: «Суруйууларга „Маныыһыты сууһардахпына, үөр бараан үрүө-тараа ыһыллыаҕа“ диэн этиллибитин курдук, бу түүн эһиги бука бары Миигиттэн тэйиэххит.
Ол эрээри оччоҕо Суруйууларга этиллибит хайдах туолуо этэй?»
Кэм-кэрдии уолдьаһан эрэр, хайыы-үйэ уолдьаста даҕаны: эһиги, Миигин соҕотохтуу хаалларан, хас биирдиигит бэйэҕит суолгутунан барыаххыт; ол эрээри, Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин кытта Аҕам баар.
«Бырааттарым! Иисуһу тутар дьону сирдээбит Иуда туһунан Сибэтиэй Тыын Суруйууларга эрдэттэн Давидынан этиппитэ туолуохтаах этэ.
Таҥара эрдэттэн анаан оҥкуллаабытын курдук, Иисуһу эһиэхэ тутан биэрбиттэрин эһиги, Таҥараны билбэт омуктарга биэрэн, кириэскэ хам хараҕалатан өлөртөрбүккүт.
Суукка аан бастаан көмүскэнэрбэр, ким даҕаны миигин өйүү кэлбэтэҕэ, бары быраҕан барбыттара. Ол кинилэргэ буруй-сэмэ буолбата буоллар.