Матфей 26:41 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ41 Утуйумаҥ, тургутууну тулуйар туһугар үҥүҥ. Тыын сэргэх, эт-хаан мөлтөх». အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
Биһиги сатарыйбыт эт-хаан айылҕабыт утарылаһарыттан мөлтөөбүт Сокуон кыайан оҥорботоҕун Таҥара оҥорбута: Кини Бэйэтин Уолун киһи аньыылаах этигэр-сиинигэр холоонноох этттээн-сииннээн дьон аньыытын боруостуур сиэртибэҕэ ыыппыта, онон Кини киһиэхэ дьайа сылдьар аньыыга бүтэһиктээх бириигэбэр таһаарбыта.
Оччотугар, биллэн турар, Айыы Тойон бэриниилээх дьону аньыы угаайытыттан хайдах быыһыыры, оттон суута-сокуона суохтары, ордук эт-сиин түктэри кыдьыгар ылларбыттары, Айыы Тойон былааһын билиммэт, баламат, таптаабыттарынан аам-дьамаан сылдьар, үөһээҥҥилэри үөҕэртэн саллыбат дьону, Дьүүл Күнэ үүнэн буруйданыахтарыгар диэри, хайдах тутары-хабары билэр.