34 Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: Бу түүн бөтүүк хаһыытыы илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҕыҥ».
«Бары да Эйигиттэн тэйбиттэрин иһин, мин хаһан да тэйиэм суоҕа!» – диэбитэ Петр.
Петр эмискэ Иисус: «Бөтүүк хаһыытыы да илигинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ», – диэбитин өйдөөн кэлбитэ. Уонна тиэргэнтэн тахсан уйа-хайа суох ытаабыта.
Бөтүүк иккистээн хаһыытаабыта. Иисус киниэхэ бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ диэбитин өйдөөн, Петр ытаан барбыта.
Иисус эппитэ: «Эйиэхэ этэбин, Петр: бүгүн бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигин билбэппин диэн үстэ мэлдьэһиэҥ».
Онуоха Айыы Тойон эргиллэн, Петр диэки көрбүтэ; Петр киниэхэ Айыы Тойон «бөтүүк хаһыытыан иннинэ эн миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ» диэн эппитин өйдөөн кэлбитэ
«Мин туспар тыыҥҥын толук биэриэҥ дуо? – диэбитэ Иисус. – Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: бөтүүк хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».