22 Мантан күүскэ санаарҕааннар, бары биир-биир Киниттэн: «Тойонуом, ол ама мин буолуом дуо?» – диэн ыйыппыттара.
Аһылык кэмигэр Кини эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһигиттэн бииргит Миигин таҥнарыаҕа».
«Миигин кытта тэҥҥэ бүлүүдэҕэ илиитин ууммут, ол Миигин таҥнарыаҕа, – диэбитэ Иисус. –
Үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар ким оннук быһыыланыан сөбүн кэпсэтэн барбыттара.
Онтон үсүһүн ыйыппыта: «Иона уола Симон! Эн Миигин таптыыгын дуо?» Кини үсүһүн «Эн Миигин таптыыгын дуо?» диэбититтэн санньыйан, Петр эппитэ: «Айыы Тойон! Эн барытын билэҕин. Мин Эйигин таптыырбын Эн билэҕин». Иисус киниэхэ эппитэ: «Мин барааннарбын манаа.
Ол иһин киһи бастаан бэйэтин ыараҥнатан-чинчийэн көрөн эрэ баран, бу килиэптэн сиэхтээх, бу иһиттэн иһиэхтээх.