11 Дьадаҥылар эһигини кытта өрүү бииргэ буолуохтара, оттон Мин өрүү эһигини кытта бииргэ буолуом суоҕа.
Ханна икки, биитэр үс киһи Мин ааппын ааттаан түмсэр да, онно Мин кинилэр ортолоругар баар буолуом».
Иисус кинилэр сөбүлээбэтэхтэрин билэн эппитэ: «Эһиги кинини тоҕо симитиннэрэҕит? Кини Миэхэ үтүөнү оҥордо эбээт.
эһиэхэ тугу соруйбуппун барытын толорорго үөрэтиҥ. Оттон Мин, үйэ бараныар диэри, өрүү эһигинниин бииргэ буолуом». Аминь.
Дьадаҥылар эһигини кытта өрүү бииргэ буолуохтара, онон хаһан баҕардыгыт да, кинилэргэ үтүөнү оҥоруоххутун сөп; оттон Мин эһигини кытта өрүү бииргэ буолуом суоҕа.
Дьадаҥылар эһигини кытта өрүү бииргэ буолуохтара, оттон Мин эһигини кытта өрүү бииргэ сылдьыам суоҕа».
Оҕолоруом! Мин эһигини кытта бииргэ сылдьар кэмим кыра хаалла: эһиги Миигин көрдүөххүт гынан баран, иудейдарга эппитим курдук, билигин эһиэхэ эмиэ этэбин: Мин барар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит.
Бэрт кылгас кэминэн бу дойду Миигин аны көрүө суоҕа, оттон эһиги көрүөххүт, тоҕо диэтэххэ, Мин тыыннааҕым курдук, эһиги эмиэ тыыннаах буолуоххут.
Мин Аҕабын хаалларан бу дойдуга кэлбитим, аны билигин бу дойдуну хаалларан Аҕабар барабын».
Оттон билигин Мин Миигин Ыыппыкка барабын; эһигиттэн ким да Миигиттэн „Ханна бараҕын?“ диэн ыйыппат.
Мин хайыы-үйэ бу дойдуга буолбатахпын, Эйиэхэ баран иһэбин, оттон кинилэр бу дойдуга хаалаллар. Сибэтиэй Аҕаа! Эн Биһикки биирбит курдук, кинилэр эмиэ биир сомоҕо буолалларын туһугар, кинилэри, Миэхэ биэрбит дьоҥҥун, Бэйэҥ аатыҥ күүһүнэн араҥаччылаа.
Таҥара тугу барытын чөлүгэр түһэрэрин туһунан Бэйэтин сибэтиэй пророктарынан этиттэрбит кэмэ кэлиэр диэри, Христос Халлааҥҥа сылдьыахтаах.
Кинилэр биһигиттэн биири эрэ – дьадаҥылары умнубат буолуҥ диэн – көрдөспүттэрэ, мин ону өрүү кыһаллан туран толорорго дьулуһабын.
Оттон баҕарара барыта баар үскэм олохтоох эрээри, биир итэҕэллээх быраата тиийиммэтин көрө-көрө, киниттэн хайыҥ охсунар киһиэхэ Таҥара таптала хайаан баар буолуоҕай?