5 Күтүөт киһи уһаан барбытыгар кыргыттар бары улам нухарыйан утуйан хаалбыттар.
Оттон ол кулут хара санаалаах буолан: „Тойонум өтөрүнэн кэлиэ суоҕа“, – дии санаан,
Тойонноро өр буолан баран, төннөн кэлэн били биэрбит үбүн хайдах туттубуттарын ыйыппыт.
Муударай кыргыттар буоллаҕына сибэтиилинньиктэрин кытта иһиккэ арыыларын эмиэ ылбыттар.
Онтон арай түүн үөһүн саҕана: „Чэйиҥ, күтүөт иһэр, Киниэхэ утары тахсыҥ!“ – диэн хаһыы сатараабыт.
Онтон төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ утуйа сыталлара. «Саатар, биир чаас Миигин кытта сэргэх сылдьар кыаххыт суох дуу? – диэбитэ Кини Петрга. –
Төннөн кэлэн көрбүтэ: үөрэнээччилэрэ, халтаһалара ыараан, эмиэ утуйан хаалбыт этилэр.
Дьон Захарияны күүтэн турбуттара, кини Таҥара Дьиэтигэр өр буолбутун дьиктиргээбиттэрэ.
Оттон ол кулут тойонум өтөрүнэн кэлиэ суох дии санаан, бииргэ үлэлиир дьонун, эр киһи буоллун, дьахтар буоллун аҥаар кырыытыттан кырбаан, иһэн-аһаан, итириктээн бардаҕына,
Эһиэхэ этэбин: Таҥара бэрт сотору кинилэри көмүскүөҕэ. Ол эрээри Киһи Уола сиргэ кэлэн, итэҕэли булуо дуо?»
Кини норуокка маннык домоҕу кэпсээбитэ: «Биир киһи виноградник олордубут уонна ону үлэһиттэргэ туттаран баран, өр буола атын сиргэ барбыт.
Кэм-кэрдии кэмчитин билэр дьон сиэринэн олоруҥ: утуйбут уубутуттан уһуктар чааспыт хайыы-үйэ кэллэ, быыһанарбыт бастаан итэҕэйбит кэммитинээҕэр билигин ордук чугаһаата.
оттон дьэҥкэтик көстүбүт барыта сырдык буолар. Ол иһин этиллэр: «Уһугун, утуйа сытааччы! Тилин өлөр өлүүттэн! Эйиэхэ Христос сырдыга сыдьаайдын».
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.
арай кэлиэхпэр диэри, туох баардааххытын ыһыктымаҥ.