20 Биэс талааны ылбыт кулут өссө биэһи эбии аҕалан туран: „Тойонуом! Эн миэхэ биэрбит биэс талааҥҥын эргитэммин, бу өссө биэс талааны киллэрдим“, – диэбит. Тойоно эппит:
Иэһин аахсан барбытыгар киниэхэ хас да мөлүйүөн үрүҥ көмүс манньыат иэскэ киирбит киһини аҕалбыттар.
Суолга туруон иннинэ уон кулутун ыҥыран ылбыт, уонна барыларыгар биирдии кыһыл көмүс манньыаты биэрэн баран: „Мин төннүөхпэр диэри, бу маны эргитээриҥ“, – диэбит.
Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!
Ол эрээри Таҥара илгэлээх үтүөтүнэн бүгүн мин Апостол буола сылдьабын. Кини миэхэ биэрбит үтүө дьоҕура кураанахха хаалбатаҕа, мин кинилэрдээҕэр хайаларынааҕар да элбэхтик үлэлээбитим; ити гынан баран ол мин буолбатах, Таҥара илгэлээх үтүө күүһэ миигин кытта бииргэ үлэлээбитэ.
Дьэ ол иһин мин, бу сорукпун толорор инниттэн, миэхэ сүҥкэнник дьайар Христос сүдү күүһүнэн туруулаһан, күүспүн харыстаабакка үлэлиибин.
Баҕар, ким эрэ: «Сороххо итэҕэйэр кыах, оттон сороххо үтүөнү оҥорор кыах бэриллэр», – диэҕэ. Оччоҕо мин киниэхэ этиэм: «Ол дьайыыта суох итэҕэлгин миэхэ көрдөр, оттон мин итэҕэлбин эйиэхэ олохпунан көрдөрүөм».