13 Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.
хаһаайына кини күүппэтэх күнүгэр, үөйбэтэх түгэнигэр тиийэн кэлиэҕэ,
Күтүөт буоллаҕына кинилэргэ эппит: „Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: мин эһигини билбэппин“.
Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».
Онон сэрэхтээх буолуҥ, үс сыл тухары күннэри-түүннэри утумун быспакка сэрэппиппин, хас биирдиигитин хараҕым уутун тоҕон туран үөрэппиппин умнумаҥ.
Эһиги сэргэх сылдьыҥ, итэҕэлгитин бигэтик тутуһуҥ, эр санааланыҥ, халбаҥнаабат бөҕө буолуҥ.
Онон атыттар курдук утуйан хаалбакка, сэргэхтик өйдөөх-төйдөөх сылдьыаҕыҥ.
Оттон эн тугу барытын өйдөөн-төйдөөн ырыҥалаа, ыарахаттары кытаатан тулуй, Евангелиены иһитиннэрээччи сулууспатын оҥоро-ситэрэ сырыт, бэйэҥ үлэҕин эҥкилэ суох толор.
Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуга чугаһаата. Онон эһиги өйдөөхтүк-төйдөөхтүк олоруҥ, сэргэхтик үҥэ сылдьыҥ.
Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.
«Көр бу, Мин уоруйах курдук эмискэ кэлиэҕим. Ким утуйан хаалбатах, таҥнардыы бэлэм сылдьыбыт – ол алгыстаах. Кини сыгынньаҕа көстөн саакка киириэ суоҕа».