Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 25:12 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

12 Күтүөт буоллаҕына кинилэргэ эппит: „Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: мин эһигини билбэппин“.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 25:12
12 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон көнө дьон суолун билэр, оттон нэгэйдэр суоллара өлүүгэ тиэрдэр.


Эн кэрээнэ суох быһыыны сөбүлээбэт Таҥараҕын; нэгэй киһи Эйиэхэ ыалдьыттаабат.


Онтон били арыы атыылаһа барбыт кыргыттар тиийэн кэлэн: „Тойоммуот! Тойоммуот! Биһиэхэ ас!“ – дэспиттэр.


Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.


Дьиэлээх хаһаайын туран аанын хатаабытын кэннэ, эһиги таһырдьа туран, дьиэ аанын тоҥсуйа-тоҥсуйа: „Тойоммуот! Тойоммуот! Биһиэхэ ас!“ – дэһиэххит, оччоҕо Кини эһиэхэ: „Эһиги хантан кэлбиккитин билбэппин“, – диэҕэ.


Бэйэм барааннарым Мин саҥабын истэллэр, Мин эмиэ кинилэри билэбин, онон Миигин батыһаллар.


Ол эрээри Таҥара аньыылаахтары истибэтин биһиги билэбит ээ; Кинини ытыктыыр, Кини көҥүлүн толорор киһини Таҥара истэр.


Оттон Таҥараны таптыыр киһини Таҥара билэр.


Оччоҕо билигин эһиги Таҥараны билэр дьон, ордук чуолкайдык эттэххэ, Таҥара билэр дьоно, эмиэ туох туһуттан айылҕа мөлтөх, туох да көдьүүһэ суох күүстэригэр төннөөрү, кинилэргэ хат хабалаҕа киирээри гынаҕыт?


Ол эрээри «Таҥара Бэйэтин дьонун билэр» уонна «Айыы Тойон аатын итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи куһаҕантан тэйиэхтин» диэн бэчээттээх Таҥара бөҕө акылаата халбаҥнаабат.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ