44 Онон эһиги эмиэ бэлэм буолуҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах чааскытыгар тиийэн кэлиэҕэ.
Чаҕылҕан халлааҥҥа барытыгар – илинтэн саҕалаан арҕаа саҕахха диэри – сандаарыйарын курдук буолуо Киһи Уолун кэлиитэ.
Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.
Арай биири билэҕит: уоруйах түүн төһөҕө тиийэн кэлэрин дьиэлээх хаһаайын билэрэ эбитэ буоллар, утуйбакка сэргэх олоруо этэ, дьиэтин аннын уоруйахха дьөлө хастарыа суох этэ.
Кыргыттар арыы атыылаһа барбыттарын кэннэ, күтүөт тиийэн кэлбит, онон бэлэм турааччылар кинини кытта уруу малааһыныгар киирсибиттэр; кэннилэриттэн ааны хатаан кэбиспиттэр.
Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.
Бэйэҕит билэҕит, дьиэлээх хаһаайын уоруйах хас чааска кэлэрин билэрэ эбитэ буоллар, утуйан хаалан кинилэргэ дьиэтин аннын дьөлө хастарыа суоҕа этэ.
Эһиги эмиэ бэлэм олоруҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах түгэҥҥитигэр тиийэн кэлиэҕэ».
Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».
Эһиги көрсүө майгыгытын бука бары биллиннэр. Айыы Тойон кэлэрэ чугаһаата.
Дьүүлгэ турбат туһугар, бырааттарыам, бэйэ-бэйэҕитин сэмэлэспэт-суҥхаласпат буолуҥ: Судьуйа хайыы-үйэ субу ааҥҥа кэлэн турар.
Үөрүөҕүҥ-көтүөҕүҥ, өрөгөйдүөҕүҥ, Киниэхэ уруй-айхал этиэҕиҥ! Бараан Оҕотун уруу күнэ үүннэ, кэргэнэ бэлэм буолла.