43 Арай биири билэҕит: уоруйах түүн төһөҕө тиийэн кэлэрин дьиэлээх хаһаайын билэрэ эбитэ буоллар, утуйбакка сэргэх олоруо этэ, дьиэтин аннын уоруйахха дьөлө хастарыа суох этэ.
Эрим билигин дьиэтигэр суох, ыраах айаҥҥа аттаммыта.
Халлаан суһуктуйуута Иисус кинилэргэ муора устун хааман тиийэн кэлбитэ.
Хамнастарын ылан баран, кинилэр хаһаайыҥҥа абаран:
Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.
Онон эһиги эмиэ бэлэм буолуҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах чааскытыгар тиийэн кэлиэҕэ.
Кыргыттар арыы атыылаһа барбыттарын кэннэ, күтүөт тиийэн кэлбит, онон бэлэм турааччылар кинини кытта уруу малааһыныгар киирсибиттэр; кэннилэриттэн ааны хатаан кэбиспиттэр.
Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.
Онон сэргэх сылдьыҥ: дьиэлээх хаһаайын хаһан төннөрүн – киэһэ дуу, түүн үөһүгэр дуу, бөтүүк хаһыытыырын саҕана дуу, биитэр сарсыарда дуу кэлэрин – эһиги билбэккит.
Үөрэнээччилэрэ уун-утары үрэр тыаллыын туруулаһан, сэниэлэрэ эстибитин көрөн, Кини халлаан суһуктуйуута муора устун хааман, кинилэргэ тиийэн кэлбитэ, итиэннэ ааһа барыан баҕарбыта.
Тойон түүн үөһүгэр да, сарсыарданан да кэлэн көрдүн, кинилэр сэргэхтик кэтэһэн олорор буоллахтарына, алгыстаахтар.
Бэйэҕит билэҕит, дьиэлээх хаһаайын уоруйах хас чааска кэлэрин билэрэ эбитэ буоллар, утуйан хаалан кинилэргэ дьиэтин аннын дьөлө хастарыа суоҕа этэ.
Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».
«Көр бу, Мин уоруйах курдук эмискэ кэлиэҕим. Ким утуйан хаалбатах, таҥнардыы бэлэм сылдьыбыт – ол алгыстаах. Кини сыгынньаҕа көстөн саакка киириэ суоҕа».
Тугу ылыммыккын, тугу истибиккин өйдөө; ону барытын тутуһан туран аньыыгын билин. Уһуктубатаххына, уоруйах курдук сэрэппэккэ, тиийиэҕим; хайа кэмҥэ тиийэрбин билиэҥ да суоҕа.