Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 24:42 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

42 Онон сэргэх сылдьыҥ: Тойоҥҥут кэлэр күнүн эһиги билбэккит.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 24:42
17 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Оттон ол күнү да, чааһы да ким да билбэт, халлааҥҥа баар Аанньаллар даҕаны билбэттэр, арай Аҕам эрэ билэр.


Арай биири билэҕит: уоруйах түүн төһөҕө тиийэн кэлэрин дьиэлээх хаһаайын билэрэ эбитэ буоллар, утуйбакка сэргэх олоруо этэ, дьиэтин аннын уоруйахха дьөлө хастарыа суох этэ.


Онон эһиги эмиэ бэлэм буолуҥ: Киһи Уола эһиги үөйбэтэх-ахтыбатах чааскытыгар тиийэн кэлиэҕэ.


Кыргыттар арыы атыылаһа барбыттарын кэннэ, күтүөт тиийэн кэлбит, онон бэлэм турааччылар кинини кытта уруу малааһыныгар киирсибиттэр; кэннилэриттэн ааны хатаан кэбиспиттэр.


Онон өрүү сэргэх сылдьыҥ: эһиги Киһи Уола төннөн кэлэр күнүн да, чааһын да билбэккит.


Сүрэххит көртөн-нартан, арыгыттан, олох түбүгүттэн бэрдийбэтин, ити эппит Күнүм күүппэтэх кэмҥитигэр соһуччу тиийэн кэлбэтин туһугар, эһиги бэйэҕитин көрүнэ сылдьыҥ:


Онон сэргэх буолуҥ, бу буолаары турар алдьархайтан быыһанан Киһи Уолун иннигэр турар туһугар, өрүү үҥэ сылдьыҥ».


Кэм-кэрдии кэмчитин билэр дьон сиэринэн олоруҥ: утуйбут уубутуттан уһуктар чааспыт хайыы-үйэ кэллэ, быыһанарбыт бастаан итэҕэйбит кэммитинээҕэр билигин ордук чугаһаата.


Эһиги сэргэх сылдьыҥ, итэҕэлгитин бигэтик тутуһуҥ, эр санааланыҥ, халбаҥнаабат бөҕө буолуҥ.


Онон атыттар курдук утуйан хаалбакка, сэргэхтик өйдөөх-төйдөөх сылдьыаҕыҥ.


Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуга чугаһаата. Онон эһиги өйдөөхтүк-төйдөөхтүк олоруҥ, сэргэхтик үҥэ сылдьыҥ.


Өйдөөн-төйдөөн сылдьыҥ, сэрэхтээх буолуҥ: өстөөххүт адьарай кими эмэ булан мэҥиэстээри тула эргийэ, хахайдыы хаһыытыы сылдьар.


«Көр бу, Мин уоруйах курдук эмискэ кэлиэҕим. Ким утуйан хаалбатах, таҥнардыы бэлэм сылдьыбыт – ол алгыстаах. Кини сыгынньаҕа көстөн саакка киириэ суоҕа».


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ