35 Сир-халлаан суола суох симэлийиэҕэ, оттон Мин тылым симэлийиэ суоҕа.
оттон Айыы Тойон тыла үйэлэр тухары өлбөт-сүппэт». Бу эһиэхэ иһитиннэриллибит Евангелие туһунан этиллэр.
Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: сир-халлаан турарын тухары, Сокуон биир да кыракый буукубата, биир да кэрдииһэ халбаҥныа суоҕа – барыта туолуоҕа.
Айыы Таҥара хас биирдии тыла эҥкилэ суох; Киниэхэ эрэнээччилэргэ Кини халыҥ хахха, суон дурда буолар.
Билигин мин билэбин: Айыы Тойон Бэйэтин ыраахтааҕытын быыһыаҕа; уҥа илиитинэн кинини өрүһүйэн, сибэтиэй халлааныттан хардарыаҕа.
Лаодикия сиэркэбин Аанньалыгар суруй: «Эрэллээх, дьиҥ кырдьыктаах Туоһу, Таҥара тугу айбытын барытын төрдө-төрүөтэ Аминь маннык этэр:
Халлаан түрбэ курдук түүрүллэ түһээт, сүтэн хаалбыта, хас хайа, хас арыы барыта турар сириттэн халбарыйбыта.
Онтон мин сүдү бэйэлээх үрүҥ бүрүстүөлү уонна ол бүрүстүөлгэ Олорооччуну көрбүтүм; сир-халлаан Кини ньууруттан куотан, аны хаһан да эргийбэттии симэлийэ сүппүтэ.
Сир-халлаан суола суох симэлийиэҕэ, оттон Мин этэр тылым симэлийиэ суоҕа.
Сир-халлаан суола суох симэлийиэҕэ, оттон Мин тылым симэлийиэ суоҕа.