30 итиэннэ: „Өбүгэлэрбит кэмнэригэр олорбуппут эбитэ буоллар, пророктар хааннарын тоҕууга куомуннаһыа суох этибит“, – диигит.
Сор-муҥ эһигини күүтэр, сокуонньуттар уонна фарисейдар! Сирэй көрбөхтөр! Эһиги пророктарга гробницалары тутаҕыт, кырдьыксыттар уҥуохтарын өйдөбүнньүк таастарынан киэргэтэҕит,
Инньэ гынан эһиги пророктары өлөртөөбүт дьон ыччата буоларгытын бэйэҕитинэн туоһулуугут.
Израиль норуотун ылан көрүөҕүҥ: сиэртибэлэммити сиэччилэр сиэртибэнньиккэ кытыктаах буолаллар буолбатах дуо?
Биһиги эһиэхэ эрэмньибит күүстээх. Таҥара биһиэхэ эһиги бөҕөргүүргүт, быыһанаргыт туһугар көмөлөһөр, тоҕо диэтэххэ биһиги эһигинниин биир эрэйи-кыһалҕаны үллэстэр эрэ буолбатахпыт, ону ааһан өссө бары биир уопсай тирэхтээхпит.