2 «Моисей олбоҕор сокуонньуттар уонна фарисейдар олорбуттар.
Кинилэр эһиэхэ тугу тутуһуҥ диэн соруйалларын эһиги барытын тутуһан, толорон иһиҥ, ол эрээри, тугу гыналларын батыһымаҥ. Кинилэр үөрэтэллэр эрээри, тугу үөрэтэллэрин толорботтор;
«Сокуонньуттартан сэрэниҥ, – диэн Иисус дьону үөрэппитэ. – Кинилэр уһун таҥастанары, болуоссакка уруйданары,
«Уһун таҥаһы таҥналларын, болуоссаттарга уруйданалларын, синагогаларга инники эрээккэ олороллорун, ыҥырыылаах малааһыннарга бастыҥ олоххо өттүгэстээн сыталларын сөбүлүүр сокуонньуттартан сэрэнэр буолуҥ;