24 «Үөрэтээччи! Моисей: „Оҕото суох сылдьан өлбүт киһи быраата, убайын ойоҕун ылан, кини ууһун салҕаатын“, – диэн эппитэ.
Ол кэннэ Киниэхэ бэйэлэрин үөрэнээччилэрин кытта иродианнары ыыппыттара. «Үөрэтээччи! – диэбиттэрэ ол кэлбит дьон. – Эн көнөҕүн биһиги билэбит. Эн кимтэн да куттаммат, кимиэхэ да бэрт буола сатаабат буолаҥҥын, дьиҥ чахчы Таҥара суолугар үөрэтэҕин.
Биһиэхэ сэттэ бырааттыылар бааллара: улаханнара ойох ылан баран, оҕото суох сылдьан өлбүтэ, онон огдооботун кини быраата ылбыта.
«Үөрэтээччи! Сокуон кэриэстэриттэн хайалара саамай суолталааҕый?» – диэн ыйыппыта.
Миигин: „Тойонуом! Тойонуом!“ – диэччи эрэ барыта Халлаан Саарыстыбатыгар киирбэт – Мин Халлааннааҕы Аҕам көҥүлүн толорооччу эрэ онно киириэҕэ.
«Үөрэтээччи! Моисей Сокуонугар „Ким эмэ убайа ойоҕор оҕо хаалларбакка өллөҕүнэ, быраата кини ойоҕун ылан, убайын удьуорун салҕаатын“ диэн сурулла сылдьар.
«Үөрэтээччи! Моисей биһиэхэ хаалларбыт суруйуутунан, ким эрэ ойох ылан баран оҕото суох сылдьан өллөҕүнэ, кини удьуорун салгыыр туһуттан, быраата кини огдооботун ылыахтаах.
Кэлин бары тилиннэхтэринэ, кини хайаларын ойоҕо буолуоҕай? Кинини сэттиэн ыла сылдьыбыттара эбээт».
Эһиги Миигин „Тойоммут! Тойоммут!“ диэн ыҥыраҕыт эрээри, этэрбин тоҕо толорбоккутуй?
«Кыргыттарыам, төннүҥ, – диэбитэ Ноеминь. – Миигин кытта тоҕо барсаҕытый? Ол мин аны кэлэн эһигини ойох ылар уолаттары төрөтүөм үһү дуо?
Чэ бу түүн манна утуй. Онтон сарсын ол киһи быраабын туһанарга сөбүлэнэр буоллаҕына, туһаннын, оттон көмөлөһүөн баҕарбатаҕына, АЙЫЫ ТОЙОН иннигэр этэбин, эйиэхэ мин көмөлөһүөм. Утуй, сарсыарда буолуо ыраах».
Вооз киниэхэ эппитэ: «Эн ити сири Ноеминьтан атыылаһар буоллаххына, Руфь диэн ааттаах Моав кыыһын, өлбүт киһи огдооботун, ойох ылыахтааххын. Оччоҕо бокуонньук сирэ-уота дьонугар хаалар».