Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 21:9 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

9 Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 21:9
11 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Аллилуия. Айхаллааҥ Айыы Тойону халлааннартан, айхаллааҥ Кинини халлааннар уҥуордарыттан.


Иисус Иерусалимҥа киирэн иһэрин көрөн, куорат бүттүүнэ долгуйбута. «Бу Кимий?» – диэн бары бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллара.


Архиерейдар уонна сокуонньуттар, Кини оҥорор дьикти дьайыыларын көрөн, итиэннэ оҕолор Таҥара Дьиэтин иһигэр: «Давид Уолугар осанна!» – диэн хаһыытыылларын истэн, абаран эппиттэрэ:


Мин эһиэхэ этэбин: „Айыы Тойон аатынан Кэлэн Иһээччи алгыстаах!“ дии иликкитинэ, эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа».


Иисус мантан баран эрдэҕинэ, кэнниттэн хараҕа суох икки киһи батыспыттара. Кинилэр: «Иисус, Давид Уола, абыраа биһигини!» – диэн үөгүлэһэ испиттэрэ.


Дьэ ол иһин „Дьиэҕит иччитэх хаалларыллар“. Эһиэхэ этэбин: Айыы Тойон аатынан Кэлээччи алгыстаах дии иликкитинэ, эһиги Миигин көрүөххүт суоҕа».


«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ