44 Бу таастан иҥнэн охтубут киһи илдьи түһэн өлүөҕэ, оттон бу таас түспүт киһитэ хам баттатан өлүөҕэ».
Уолугар эһиги сүгүрүйүҥ – Кинини кыыһырдан суолга быстарбат туһугар, бэрт сотору Кини уора-кылына уоттуу оргуйуоҕа. Киниэхэ эрэнээччилэр бука бары дьоллоохтор.
Эн кинилэри тимир торуосканан сууһартыаҥ, күөс охсооччу иһитинии үлтүрүтэлиэҥ».
Ол иһин Мин эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбата эһигиттэн былдьанан, туһаны аҕалар атын дьоҥҥо бэриллиэҕэ.
Архиерейдар уонна фарисейдар Иисус кэпсиир домохторун истэн баран, бу кинилэр тустарынан этиллибитин өйдөөбүттэрэ.
Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук, баран иһэр, ол эрээри сор-муҥ күүтэр Киһи Уолун таҥнарааччыны! Ол киһи олох да төрөөбөтөҕө буоллар ордук буолуо этэ».
Норуот киниэхэ: «Буруйа биһиэхэ итиэннэ биһиги оҕолорбутугар түстүн!» – диэн хардарбыта.
Онтон Симеон кинилэри алҕаан баран, Марияҕа, Иисус Ийэтигэр, эппитэ: «Бу Оҕо Израильга элбэх киһи охторугар да, турарыгар да ананан сытар;
Бу таастан иҥнэн охтубут киһи үлтү түһэн өлүөҕэ, оттон бу таас түспүт киһитэ хам баттатан өлүөҕэ».
Иисус эппитэ: «Эйиэхэ үөһэттэн бэриллибэтэҕэ буоллар, Эн Мин үрдүбүнэн ханнык да былааһа суох буолуоҥ этэ; онон Миигин тутан эйиэхэ биэрбит киһи ордук улахан аньыылаах».
биһиги атын норуоттар быыһанныннар диэн кэпсиирбитин туорайдаһан, буруйдарын-аньыыларын мээрэйин таһымнатан иһэллэр. Ол эрээри Таҥара уора-кылына кинилэргэ бүтэһиктээхтик түһэрэ чугаһаата.
Онон Таҥара тылын истэр эрээри, бас бэриммэт дьон бүдүрүйэллэр – кинилэр анабыллара оннук.