Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 21:28 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

28 «Оттон маны эһиги туох диигитий? Биир киһи икки уоллаах эбит. Биирдэ кини бастакы уолугар кэлэн: „Тоойуом, бүгүн виноградниккар баран үлэлээ эрэ“, – диэбит.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 21:28
13 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Онон, таптыыр бырааттарым, тулхадыйбат тууралаах чиҥ буолуҥ, уҥа-хаҥас халбаҥнаамаҥ; Айыы Тойоҥҥо кураанахха сулууспалаабаккытын билэн туран, Айыы Тойон дьыалатыгар мэлдьи хотуулаах буолуҥ.


Мин эһигини толкуйдаах дьон курдук санааммын этэбин, онон бу тугу эппиппин ырыҥалаан көрүҥ.


Халлаан Саарыстыбатын өссө маннык холобурдуохха сөп: биир хаһаайын сарсыарда эрдэ винограднигар үлэһиттэри наймылыы тахсыбыт.


Киһи айаҥҥа турунарыгар, дьиэтин-уотун чаҕардарыгар хаалларан, хас биирдиилэригэр сорудах биэрэн баран, аан харабылыгар „сэргэх буол“ диэн дьаһайбытын тэҥэ буолуоҕа.


Эбэтэр Силоам башнята баттаан өлөрбүт уон аҕыс киһитэ Иерусалим олохтоохторуттан барыларыттан ордук буруйдаахтара буолуо дии саныыгыт дуо?


Аны маннык домоҕу истиҥ. Биир дьиэлээх хаһаайын виноградник олордубут; онтун эргиччи күрүөлээн баран, иһигэр сүмэһин сүүрдэр тэриллээх оҥкучах хаспыт, харабыл башнятын туппут уонна барытын үлэһиттэргэ туттаран баран, бэйэтэ ыраах айаҥҥа аттаммыт.


«Төлүүр», – диэбитэ Петр. Дьиэҕэ киирбитигэр Иисус киниттэн урутаан ыйыппыта: «Эн туох дии саныыгын, Симон? Сирдээҕи ыраахтааҕылар түһээни, биитэр тардыыны кимтэн хомуйалларый: бэйэлэрин оҕолоруттан дуу, атыттартан дуу?»


Онон биһиэхэ эт эрэ, хайдах дии саныыгыный: Рим ыраахтааҕытыгар түһээни төлүүр сөп дуу, төлөөбөт сөп дуу?»


Онон: «Билбэппит», – диэн хоруйдаабыттара. Иисус эппитэ: «Оччоҕо Мин эмиэ ханнык бырааппынан итинник быһыыланарбын эһиэхэ эппэппин».


Уола: „Барбаппын“, – диэбит эрээри, бэрт сотору кэмсинэн, үлэлии барбыт.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ