13 «„Мин Дьиэм үҥэр дьиэ буолуо“ диэн суруллубута, ону эһиги ороспуойдар ордуулара оҥорбуккут».
Эн норуоккун күөмчүлүүллэр, Айыы Тойон, Эн бас билэр дьоҥҥун баттыыллар-үктүүллэр.
«Кини Иудея Вифлеемигэр төрүөхтээх, – диэн хоруйдаабыттара. – Ол туһунан пророк кинигэтигэр бу курдук суруллан турар:
Итиэннэ үөрэтэригэр эппитэ: «„Мин Дьиэм бары норуоттар үҥэр дьиэлэринэн ааттаныа“ диэн суруллубатаҕа этэ дуо? Ону эһиги ороспуойдар ордуулара оҥорбуккут».
Онтон Таҥара Дьиэтигэр киирэн, онно баар атыылааччылары уонна атыылаһааччылары барыларын үүртэлии сылдьан:
«Мин Дьиэм үҥэр дьиэ буолар диэн суруллубута, ону эһиги ороспуойдар ордуулара гыммыккыт!» – диэбитэ.
Ол эрээри кинилэр Сокуоннарыгар Миигин туох да оруна суох абааһы көрдүлэр диэн суруллубут туолуох тустаах.