10 Иисус Иерусалимҥа киирэн иһэрин көрөн, куорат бүттүүнэ долгуйбута. «Бу Кимий?» – диэн бары бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллара.
Маны истээт, Ирод ыраахтааҕы уонна Иерусалим дьоно бары аймана түспүттэрэ.
«Галилея Назаретыттан төрүттээх Пророк Иисус!» – диэн мустубут дьон хоруйдууллара.
Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.
«Биһиэхэ эт эрэ, Эн ханнык быраапкынан итинник быһыыланаҕыный, ким Эйиэхэ итинник быраабы биэрбитэй?» – диэн ыйыппыттара.
Сокуонньуттар уонна фарисейдар: «Бу Кини, Таҥараны холуннара турааччы, кимий? Таҥараттан атын ким аньыыны бырастыы гынар кыахтааҕый?» – дии санаабыттара.
Маныаха атын ыалдьыттар: «Аньыыны бырастыы гынар бу кимий?» – дии санаабыттара.
«Иоанны мин моонньоох баһын быстарбытым, оччоҕо бу маннык сурахтаах хайалара буоллаҕай?» – Ирод санааҕа ылларбыта. Уонна хайдах эмэ гынан Кинини көрүөн баҕарбыта.
Оттон иудей тойотторо Киниэхэ эппиттэрэ: «Маннык быһыыланар бырааптааххын Эн биһиэхэ ханнык дьикти бэлиэни көрдөрөн итэҕэтэҕин?»
«Кимҥиний Эн, Айыы Тойон?» – диэн ыйыппыта Савл. Онуоха Айыы Тойон эппитэ: «Мин эн сойуолаһар Иисуһуҥ буолабын. Үөрбэни утары барарыҥ эйиэхэ ыарахан буолуо».
Онон иккиэн бииргэ айаннаан Вифлеемҥэ тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр кэлиилэрэ куоракка улахан аймалҕаны таһаарбыта. Дьахталлар: «Айыбыын, ама ити Ноеминь буолуо дуо?» – дэһэллэрэ.