Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 21:1 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

1 Онтон Иерусалимҥа улам чугаһаан, Елеон хайатын тэллэҕэр турар Виффагия диэн дэриэбинэҕэ тиийэн кэлбиттэригэр Иисус икки үөрэнээччитин инники ыыппыта.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 21:1
13 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иисус аһынан харахтарын таарыйаатын, иккиэн сонно харахтарынан көрөр буолан хаалбыттара уонна суол устун Кинини батыһан барбыттара.


«Бу утары баар дэриэбинэҕэ киириҥ, – диэбитэ Кини. – Онно баайыллан турар оселу көрүөххүт, аттыгар оҕото турар буолуо. Иккиэннэрин сүөрэн манна Миэхэ аҕалыҥ.


Иисус Елеон хайатыгар соҕотоҕун олордоҕуна, үөрэнээччилэрэ Киниэхэ бэйэлэрэ эрэ тиийэн кэлбиттэрэ: «Ити хаһан буоларын биһиэхэ этиэҥ дуо? Эн кэлэргин итиэннэ бу дойду бүтэр уһуга кэлбитин биһиги туох бэлиэни көрөн билэбит?»


Айхал ырыаларын ыллаан баран, кинилэр Елеон хайатыгар барбыттара.


Онтон Кини Таҥара Дьиэтин утары Елеон хайатыгар тахсан олордоҕуна, Петр, Иаков, Иоанн уонна Андрей буоланнар атын ким да суоҕар:


Айхал ырыаларын ыллаан баран, кинилэр Елеон хайатыгар тахсыбыттара.


Күнүһүн Кини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрэ, оттон киэһэтин Елеон хайатыгар тахсан, түүнүн онно хаалара.


Кини мантан тахсан, үгэһинэн Елеон хайатыгар барбыта, үөрэнээччилэрэ кэнниттэн батыспыттара.


Иисус Елеон хайатыгар барбыта.


Апостоллар Иерусалимтан биир биэрэстэлээх Елеон диэн ааттаах хайаттан Иерусалимҥа төннөн кэлэн,


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ