34 Иисус аһынан харахтарын таарыйаатын, иккиэн сонно харахтарынан көрөр буолан хаалбыттара уонна суол устун Кинини батыһан барбыттара.
Айыы Тойон көрбөтү көрөр оҥорор, Айыы Тойон бүк түспүтү көннөрөр, Айыы Тойон көнө дьону таптыыр.
Иисус кытылга тахсан, элбэх дьон турарын көрөн аһынан, ыарыһахтары үтүөрдүбүтэ.
Онтон Иисус үөрэнээччилэрин ыҥыран ылан эппитэ: «Дьону аһынарым бэрт. Миигин кытта үс күн устата сырыттылар, аһыахтарын туох да астара суох. Аччык ыыталыахпын баҕарбаппын – суолга сэниэлэрэ эстиэ».
«Тойоммуот! Көрөр буолуохпутун баҕарабыт!» – дэспиттэрэ хараҕа суохтар.
Онтон Иерусалимҥа улам чугаһаан, Елеон хайатын тэллэҕэр турар Виффагия диэн дэриэбинэҕэ тиийэн кэлбиттэригэр Иисус икки үөрэнээччитин инники ыыппыта.
Иисус кини илиитин таарыйарын кытта, сонно ыарыыта ааһан, туран кинилэргэ ас тардан барбыта.
Иисус кинилэр харахтарын таарыйан баран: «Итэҕэйэргитинэн буоллун», – диэбитэ.
Үтүмэн үгүс киһи, маныыһыта суох бараан үөрүн курдук, үрэллэн, сырата-сылбата быстан сылдьарын Кини аһына көрбүтэ.
Иисус кинини туора сиэтэн таһааран кулгааҕар сөмүйэтин укпута, онтон тарбаҕар силлээн баран киһи тылын таарыйбыта;
Киһи сонно көрөр буолан хаалбыта, онон Таҥараны айхаллыы-айхаллыы, Иисус кэнниттэн батыһан барбыта. Маны көрөн, дьон бары Таҥараҕа хайҕал тылын эппиттэрэ.
«Түксү, тохтооҥ», – диэбитэ Иисус итиэннэ кулут кулгааҕын тарбаҕынан таарыйан үтүөрдэн кэбиспитэ.
Айыы Тойон огдообону көрөн аһынан: «Ытаама», – диэбитэ уонна
эн кинилэр харахтарын арыйыаҥ, хараҥаттан сырдыкка, сатана былааһыттан Таҥараҕа эргилиннэриэҥ, оччоҕо кинилэр Миэхэ итэҕэллэринэн аньыылара-харалара бырастыы буолан Таҥара норуотугар киириэхтэрэ“.
Дьэ ол иһин, Кини Таҥара иннигэр амарах сүрэхтээх эрэллээх Архиерей буолан, норуот аньыытын-харатын бырастыы гыннарар туһугар, бырааттарыгар бары өттүнэн дьүөрэлэһиэхтээх этэ.
Тиһэҕэр, бары биир өйдөөх-санаалаах, аһыныгас, бэйэ-бэйэҕитин таптыыр, амарах, эйэҕэс, сэмэй буолуҥ;