25 Ол эрээри Иисус кинилэри ыҥыран ылан эппитэ: «Таҥараны билбэт омуктарга бас-көс дьонноро баһылыылларын, бу дойду улуулара кинилэргэ тойон буолалларын эһиги билэҕит,
Мин бурҕалдьыбын ылан кэтиҥ, өһүөмньүтэ суох, көрсүө буоларга Миигиттэн үөрэниҥ: Мин өһүөмньүтэ суохпун, сымнаҕас сүрэхтээхпин, онон эһиги дууһаҕытыгар уоскулаҥы булуоххут.
Маны истибит уон үөрэнээччи ини-биилэргэ абарбыттара.
Иисус барыларын бииргэ ыҥыран ылан эппитэ: «Бары норуоттарга бас-көс дэтэр дьонноро баһылыылларын, үрдүк сололоохторо тойоргуулларын эһиги билэҕит.
Эһиги харалтаҕытыгар бэриллибит үөргэ тойорҕообокко, бэйэҕитинэн туохха барытыгар холобур буолуҥ.