Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 20:23 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

23 Иисус кинилэргэ эппитэ: «Мин иһэр иһиппиттэн иһиэххит, Мин сүрэхтэниибинэн сүрэхтэниэххит, ол гынан баран уҥа-хаҥас өттүбэр ким олорорун Мин быһаарбаппын, ону Аҕам Бэйэтэ кимиэхэ бэлэмнээбитинэн буолуоҕа».

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 20:23
12 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Иисус эппитэ: «Эһиэхэ Халлаан Саарыстыбатын кистэлэҥнэрин билэр кыах бэриллибитэ, оттон кинилэргэ бэриллибэтэҕэ.


Маны истибит уон үөрэнээччи ини-биилэргэ абарбыттара.


Онтон уҥа өттүгэр турааччыларга Ыраахтааҕы этиэҕэ: „Кэлиҥ, Мин Аҕам алгыстаахтара, аан дойду айыллыаҕыттан эһиэхэ анаммыт Саарыстыбаны нэһилиэстибэҕэ ылыҥ.


ол эрээри Мин уҥа биитэр хаҥас өттүбэр ким олорорун Бэйэм быһаарбаппын: кимиэхэ бэлэмнэммит, ол олоруоҕа».


Кини Иоанн быраатын Иаковы болотунан кэртэрэн өлөртөрбүтэ.


Оттон Таҥара оҕолоро буоллахпытына, ол аата Кини нэһилиэнньиктэрэбит, Христоһу кытта бииргэ нэһилиэстибэ ылабыт – Кинини кытта бииргэ эрэйдэнэр буоллахпытына, Кинини кытта бииргэ кэрэмэн килбиэҥҥэ тиксиэхпит.


Ол гынан баран Суруйууларга этиллибитин курдук, «Таҥара Кинини таптыыр дьоҥҥо тугу бэлэмнээбитин биир эмэ киһи хараҕынан көрбүтэ, кулгааҕынан истибитэ, сүрэҕинэн сэрэйбитэ диэн суох».


Биһиги эһиэхэ эрэмньибит күүстээх. Таҥара биһиэхэ эһиги бөҕөргүүргүт, быыһанаргыт туһугар көмөлөһөр, тоҕо диэтэххэ биһиги эһигинниин биир эрэйи-кыһалҕаны үллэстэр эрэ буолбатахпыт, ону ааһан өссө бары биир уопсай тирэхтээхпит.


Билигин эһиги тускутугар эрэйи көрөрбүттэн үөрэбин эрэ: мин Христос көрсүбүт эрэйин эппинэн-хааммынан билэммин, Кини Этэ-сиинэ буолар Сиэркэп туһугар тулуйуллуохтаах эрэй-муҥ ситэ илик мээрэйин толорон биэрэбин.


ол эрээри бу дьон быдан ордукка – Халлааннааҕы дойдуга – дьулуһаллара, ол иһин Таҥара, кинилэргэ куорат бэлэмнээн, Бэйэтин аһаҕастык кинилэр Таҥараларынабын диир.


Мин, Иоанн, эһигини кытта бииргэ Иисус Христос туһугар эрэйдэнэр, Кини Саарыстыбатыгар кыттыгастанар, Киниэхэ тулуурдаахтык эрэнэр убайгыт, Таҥара тылын уонна Иисус Христоһу кэрэһиттээбитим иһин, Патмос диэн арыыга көскө ыытыллыбытым.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ