Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 20:2 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

2 Хас да киһини кэпсэтэн, күҥҥэ кинилэргэ биирдии динарийы төлүөх буолан, винограднигар үлэлэтэ ыыппыт.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 20:2
24 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Чаҕар баран иһэн, киниттэн баара-суоҕа сүүс үрүҥ көмүс манньыаты иэс ылбыт киһи иһэрин көрөн, тутан ылан хабарҕатыгар түспүт уонна: „Иэспин төлүү оҕус“, – дии-дии ыкпыт-түүрбүт.


Халлаан Саарыстыбатын өссө маннык холобурдуохха сөп: биир хаһаайын сарсыарда эрдэ винограднигар үлэһиттэри наймылыы тахсыбыт.


„Доҕоор, мин эйигин атаҕастаабатым ээ, – диэбит хаһаайын кинилэртэн биирдэстэригэр. – Эн миэхэ биир динарийга үлэлииргэ сөбүлэммитиҥ буолбат дуо?


Онтон, үс чаас саҕана тахсан, баһаарга туох да үлэтэ суох турар дьону көрбүт.


Онуоха уон биир чаас саҕана наймыламмыттар кэлэннэр, харчыларын ылбыттар.


Түһээни төлүүр манньыаккытын Миэхэ көрдөрүҥ». Динарий аҕалан биэрбиттэрэ.


Ол иһин үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Үүнүү өлгөм эрээри, үлэһит аҕыйах,


Иисус, кинилэр кубулуналларын билэр буолан: «Миигин тоҕо холоон көрөҕүт? – диэбитэ. – Миэхэ динарийда аҕалан көрдөрүҥ».


Кини Айыы Тойон иннигэр улуу киһи буола үүнэн тахсыаҕа; ханнык да арыгыны, итирдэр утаҕы иһиэ суоҕа, ийэтин иһиттэн тахсаат да, Сибэтиэй Тыынынан туолуоҕа;


Сарсыныгар бараары туран, дьиэ хаһаайыныгар икки динарийы биэрэн баран, эппит: „Бу киһини кытаатан көр-иһит; бу биэрбиппиттэн ордугу тутуннаххына, мин төннөн иһэн төлүөҕүм“.


«Миигин тоҕо үтэн-анньан көрөҕүт? Динарийда Миэхэ көрдөрүҥ: бу ким мөссүөнэ, ким суруга баарый?» «Рим ыраахтааҕытын киэнэ», – дэспиттэрэ.


Христос Иисуска итэҕэлгинэн быыһанаргар эйиэхэ муудараһы иҥэрэн эркээйи буолар кыахтаах Сибэтиэй Суруйуулары эн өссө оҕо эрдэххиттэн билэҕин.


Иһиттэхпинэ, түөрт харамай быыһыттан: «Биир динарийга – мээрэй эрэ сэлиэһинэй, биир динарийга – үс мээрэй эрэ дьэһимиэн. Олива арыытын уонна виноград арыгытын көҕүрэтимэҥ», – диир саҥа иһиллибитэ.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ