14 Онон бэйэҥ ирээккин ылан бар. Мин ити хойут кэлбит киһиэхэ эмиэ эйиэхэ биэрбитим саҕаны биэриэхпин баҕарабын.
„Доҕоор, мин эйигин атаҕастаабатым ээ, – диэбит хаһаайын кинилэртэн биирдэстэригэр. – Эн миэхэ биир динарийга үлэлииргэ сөбүлэммитиҥ буолбат дуо?
Харчыбын хайдах гынарым бэйэм көҥүлүм буолбат дуо? Эбэтэр мин үтүөнү оҥорорбун эн ордугургуу көрдүҥ дуу?“
Поһу тутуһар кэмҥитигэр сирэй көрбөхтөргө дылы саппаҕырбыт дьүһүннэнимэҥ, кинилэр аһаабакка сылдьалларын дьоҥҥо көрдөрө-биллэрэ сатаан саппаҕырбыт сирэйдэнэллэр. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр.
Онон, кыһалҕалаахха көмөлөстөххүтүнэ, сирэй көрбөхтөр үтүөнү оҥорон баран хайҕатаары, синагогаларга уонна болуоссаттарга арбаналларын курдук, арбанымаҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр.
Оттон эн, үҥэргэр, хоскор киир уонна ааҥҥын саптан баран, көстүбэт Аҕаҕыттан үҥэн көрдөс, оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҥ эйиэхэ илэ бааччы төлүөҕэ.
„Тоойуом! – диэбит аҕата. – Эн миигин кытта өрүү бииргэ этиҥ, онон мин баайым барыта – эйиэнэ.
Онуоха Авраам эппит: „Тоойуом! Өйдөө: эн сирдээҕи олоххор үтүөнү көрбүтүҥ, оттон Лазарь муҥу көрбүтэ; аны билигин кини дуоһуйар, оттон эн муҥу көрөҕүн.
Эн Киниэхэ бүтүн киһи аймах үрдүнэн былааһы биэрбитиҥ курдук, Кини эмиэ Эн Киниэхэ биэрбит дьоҥҥор бараммат олоҕу биэриэҕэ.
Сокуон тугу этэрэ барыта киниэхэ бас бэринэр эрэ дьоҥҥо туһаайыллар, онон ким даҕаны көмүскэнэн хардарар кыаҕа суох: Таҥара иннигэр аан дойду бүтүннүүтэ буруйдаах. Сокуону тутуһан биир да киһи Кини иннигэр кырдьыктааҕынан билиниллиэ суоҕа, – Сокуон дьоҥҥо аньыы диэн тугун өйдөтөр эрэ.
Хайдах да оннук буолбат. Ким барыта дьэҥкэтик өйдүөхтүн: Таҥара бигэ тыллаах, оттон киһи сымыйаччы. Ол иһин Суруйууларга этиллэр: «Эн этэриҥ барыта кырдьыктаах, онон сууккар кыайыылаах Эн тахсыаҥ».