13 „Доҕоор, мин эйигин атаҕастаабатым ээ, – диэбит хаһаайын кинилэртэн биирдэстэригэр. – Эн миэхэ биир динарийга үлэлииргэ сөбүлэммитиҥ буолбат дуо?
Онон бэйэҥ ирээккин ылан бар. Мин ити хойут кэлбит киһиэхэ эмиэ эйиэхэ биэрбитим саҕаны биэриэхпин баҕарабын.
Хас да киһини кэпсэтэн, күҥҥэ кинилэргэ биирдии динарийы төлүөх буолан, винограднигар үлэлэтэ ыыппыт.
„Доҕоор, – диэбит ыраахтааҕы, – бу хайдах эн манна бырааһынньыктыыр таҥаһа суох киирдиҥ?“ Анарааҥҥыта саҥарбатах.
«Доҕоор, бу туох соруктаах кэллиҥ?» – диэбитэ Иисус. Кинини саба түһэн тутан ылбыттара.
Оо, эн, киһи, Таҥараны кытта мөккүһэр бу кимҥиний? Иһит оҥорор ууска оҥорбут иһитэ ама: «Тоҕо эн миигин маннык оҥордуҥ?» – диэн өрөлөһөн туруо дуо?