5 «Кини Иудея Вифлеемигэр төрүөхтээх, – диэн хоруйдаабыттара. – Ол туһунан пророк кинигэтигэр бу курдук суруллан турар:
Иудея Вифлеем диэн куоратыгар, Ирод ыраахтааҕылыырын саҕана, Иисус төрөөбүтүгэр Иерусалимҥа илинтэн муударай өйдөөхтөр кэлбиттэрэ.
Ирод ыраахтааҕы архиерейдары уонна норуот сокуонньут дьонун барыларын хомуйан олорон, Христос ханна төрүөхтээҕин ыйыппыта.
Христос Давид удьуоруттан, Вифлеемтэн, Давид төрөөбүт-үөскээбит сириттэн кэлиэ диэн Суруйууларга этиллибэтэҕэ этэ дуо?»
Өрдөөҥҥүтэ, Израилы судьуйалар салайалларын саҕана, дойдуга улахан сут туран, биир киһи ойоҕун уонна икки уолун кытта Иудея Вифлеем куоратыттан Моав сиригэр көһөн барбыта.
Онон иккиэн бииргэ айаннаан Вифлеемҥэ тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр кэлиилэрэ куоракка улахан аймалҕаны таһаарбыта. Дьахталлар: «Айыбыын, ама ити Ноеминь буолуо дуо?» – дэһэллэрэ.
Өссө ити күн Вифлеемтэн Вооз бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ. «АЙЫЫ ТОЙОН эһигинниин бииргэ буоллун!» – диэбитэ кини бурдук быһааччыларыгар. «АЙЫЫ ТОЙОН эйигин алҕаатын!» – дэспиттэрэ анарааҥҥы дьон.
Куорат аанынааҕы болуоссакка баар дьон уонна аҕа баһылыктар: «Биһиги туоһу буолабыт! – диэн хардарбыттара. – АЙЫЫ ТОЙОН эн дьиэҕэр киллэрэр ойоххун Израиль дьиэтин-уотун тэрийсибит Рахиллаах Лияҕа холоонноох оҥордун! Ефрафа аҕатын ууһугар байан-тайан олор, Вифлеем үрдүнэн албан аатыр, суон сураҕыр!