5 Онон „киһи ийэлээх аҕатын хаалларан ойоҕор холбоһуо, оччоҕо иккиэн биир эт-хаан буолуохтара“.
сир уһугар тиийэ сэриини тохтотон, Кини ох саалары тоһутар, үҥүүлэри булгурутар, куйахтары уокка уматар.
Ол эрээри Таҥара кинилэри оҕунан ытыаҕа, оччоҕо эмискэ бааһырыахтара.
Ол аата кинилэр аны икки аҥыы буолбатахтар, биир эт-хаан буолаллар. Онон Таҥара холбообутун киһи араарбатын».
Тапталгыт истиҥ буоллун; куһаҕантан тэйэ туттуҥ, үчүгэйи тутуһуҥ.
Эбэтэр, сэлээччэх дьахтардыын хоонньоһооччу кинилиин биир эт-хаан буоларын эһиги билбэккит дуу? «Икки эт-хаан биир эт-хаан буолуохтара» диэн этиллэн турар буолбатах дуо?
Ол гынан баран содур быһыыга-майгыга киирэн биэрбэт туһугар, эр киһи барыта ойохтоох, дьахтар барыта эрдээх буолуохтаах.
Дьахтар этин-сиинин бэйэтэ буолбатах, кини тойон эрэ бас билэр, оттон эр киһи этин-сиинин эмиэ бэйэтэ буолбатах, хотуна бас билэр.
Ол иһин Суруйууларга «киһи ийэлээх аҕатын хаалларан, ойоҕор холбоһуо, оччоҕо иккиэн биир эт-хаан буолуохтара» диэн этиллэр.